TurkLang  

"TurkLang"

Түүр тылларын көмпүүтэргэ таҥастыырга анаммыт «TurkLang 2019» VII-с аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэ

Ытыктабыллаах кэллиэгэлэрбит!

Түүр тылларын көмпүүтэргэ таҥастааһыҥҥа аналлаах “TurkLang 2019” норуоттар икки ардыларынааҕы VII кэмпириэнсийэ 2019 сыл алтынньы 3-5 күннэригэр Симферополь куоракка (Кырыым, Арассыыйа) буоларын туһунан үөрэн-көтөн туран иһитиннэрэбит.

Кэмпириэнсийэ үлэтин хайысхалара:

  • Түүр тылларын тутулун оҥкула
  • Көмпүүтэр тиһиктэрин төрөөбүт тылга тылбаастааһын уонна көмпүүтэр тиэрминнэрэ
  • Түүр тылларын элэктириэн куорпустара
  • Тиэкис морполуогуйатын уонна сиинтэксиһин таҥастыыр тиһиктэр
  • Саҥарар саҥаны өйдүүр уонна сиинтэстиир тиһиктэр
  • Тиэкиһи тыл суолтатыгар олоҕуран таҥастыыр тиһиктэр
  • Массыына тылбааһын тиһиктэрэ
  • Түүр уонна омук тылларын үөрэтэргэ туһуламмыт өркөннөөх тиһиктэр уонна ньыматыктар
  • Түүр тылларын лиҥкибиистикэ өттүттэн тойоннооһун
  • XXI үйэ билимин чэрчитигэр түмэти үөрэтэр лиҥкибиистикэ чинчийиилэрэ

Сүрүн болдьохтор:

Ыстатыйа кылгас ис хоһоонун ыытыы от ыйын 10 күнүгэр диэри
Ыстатыйа толору тиэкиһин ыытыы балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри
Сыанабыл түмүгүн билиһиннэрии балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри
Кэмпириэнсийэ бырагырааматын бэчээттээһин балаҕан ыйын 25 күнэ
Кэмпириэнсийэни ыытыы алтынньы 3-5 күннэрэ